8 апреля в Центральной улусной  библиотеке им. С.С. Васильева-Борогонского состоялся первый в этом году офлайн семинар библиотекарей на тему «Цели и задачи библиотек МЦБС в рамках стратегии развития библиотечного дела в Республике Саха (Якутия) на период до 2030 года».  С анализом деятельности МЦБС за первый квартал текущего года выступила директор Окоемова В.Н. С «Концепцией единой цифровой  среды библиотек РС (Я)» коллег ознакомила Федорова Ф.Г., заведующая ИМЦ. Большой интерес  участников семинара вызвали онлайн выступления коллег из "SMART-библиотеки" Климентовой Анны Константиновны, Смольниковой Юлии Витальевны на тему «Работа в ВК, Телеграм, создание афиш на сервисах Canva и Supa». Главный библиотекарь ИМЦ Окоемова Т.М. сделала анализ  посещаемости сайтов библиотек-филиалов МЦБС. Завершил семинар круглый стол «Развитие сельской библиотеки как площадки офлайн коммуникаций  для жителей села», на котором заведующая Суоттунской сельской модельной библиотекой Черкашина Р.Н. поделилась опытом работы по созданию пространства коллективной работы «Сайдыы».

Муус устар 5 күнүгэр Уус Алданнааҕы техникум "Повар-кондитер" бөлөҕүн 1 кууруһун устудьуоннарыгар библиотечнай уруок ыытылынна. Маастар, преподаватель Иванова Надежда Константиновна  дьиэтээҕи библиотекатыттан Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан 100 кинигэ бэлэх уунан, библиотека фондатын хаҥатта. Үөрэнээччилэр библиотекарь үлэтин, библиотекаҕа сылдьыы быраабылатын, библиотека фондатын кытта билистилэр, ааҕыы киһи олоҕор суолтатын туһунан бэсиэдэ ыытылынна.

Муус устар 4 күнүгэр В.В. Никифоров - Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" Култуура дыбарыаһыгар Саха АССР 100 сылын көрсө саҥа тахсыбыт, саха бастакы интеллигенциятын төрүттээччилэр, Өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһа үөскүүрүгэр олук уурбут сүдү дьоммут Софрон Сыранов, Алексей Аржаков - Сэһэн Ардьакыап уонна Илья Шадрин олохторун, общественнай үлэлэрин архыып матырыйаалларыгар олоҕуран сырдатар Саха Республикатын судаарыстыбаннай мунньаҕын Ил Түмэн  ыҥырыытын бэрэссэдээтэлэ, дьокутаат А.Н. Жирков бырайыагынан, салайыытынан тахсыбыт "Предчета" кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна.

        Муус устар 3 күнүгэр Суоттубут нэһилиэгэр 1967 сыллаахха Суотту, Бороҕон, Өлтөх, Бэрт Ууһа уонна Курбуһах – барыта биэс нэһилиэги хабан, оройуоҥҥа бастакынан тэриллибит “Лена” совхоз үбүлүөйдээх 55 сылын көрсө «Үлэ, дьол биһигэ – “Ленабыт”, совхозпут» диэн дириҥ ис хоһоонноох дьоһун тэрээһин Суотту орто оскуолатыгар уонна Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр анал программанан ыытылынна. Бу сааскы ылааҥы күн тохсунньу ыйга аанын арыйбыт саҥа оскуола тупсаҕай көстүүлээх дьиэтигэр директор СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ Ирина Михайловна Петухова салалталаах коллектив ыалдьыттары истиҥник көрүстэ. Ол кэннэ кулууп дьиэтигэр ыҥырыылаах ыалдьыттар - совхоз биэс отделениетын араас кэмҥэ үлэлээбит ветераннара, “Оскуола – производство - үрдүк үөрэх” девиһинэн тахсыбыт выпускниктар, агитбригада бары сыллаах кыттааччылара түмсэн, үлэлээн ааспыт кэмнэрин, эдэр саастарын умнуллубат сылларын ис сүрэхтэн истиҥник ахтан-санаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, олус истиҥ көрсүһүү киэһэтэ буолла. Тэрээһин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Афанасьевна Гоголева, нэһилиэк үбүлүөйдээх сылы тэрийэн ыытар анал хамыһыйата көҕүлээһиннэринэн, тэрийиилэринэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.