Сэтинньи 25 күнүгэр «Түһүлгэ» СК Россияҕа норуоттар сомоҕоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Уус Алдан улууһугар түмсүүлээх буолуу уонна бииргэ үлэлээһин сылларыгар аналлаах, киэн туттар биир дойдулаахпыт — талааннаах бэйиэт, очеркист, публицист, бөдөҥ общественнай деятель, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Сергей Степанович Васильев-Борогонскай төрөөбүтэ 120 үбүлүөйдээх сылын көрсө, Саха республикатыгар Добун Олоҥхо уонна Хомус нэдиэлэтин чэрчитинэн Олоҥхо күнүгэр туһуламмыт «Норуот күндү кылаата — Олоҥхо» түмэр тэрээһин ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар С.С. Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор сүрүн оскуолатын, Суотту орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлар, «Чуораанчык» оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, Уус Алданнааҕы техникум устудьуоннара уонна нэһилиэкпит олохтоохторо. Бэлиэ күн үөрүүлээх аһыллыытыгар саха сиэринэн ыалдьыттары арыылаах алаадьынан күндүлээн, Олоҥхо уонна Хомус күнүн суолтатын, ис хоһоонун тула бэсиэдэ, поэт Сергей Васильев-Борогонскай олоҥхолорун туһунан иһитиннэрии буолла. Кыттыылаахтарга анаан «Олоҥхо биһигэ — Уус Алдан», «С.С. Васильев-Борогонскай — олоҥхоһут суруйааччы» кинигэ быыстапкалара, «Сергей Васильев үйэлээх олоҥхолоро» оҕолор уруһуйдарын быыстапката көрдөрүлүннүлэр.
Үөрэх коллективтарын толорууларыгар оҕолорго анаан бэчээттэммит поэт Сергей Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн», «Батастаан Баатыр», «Мөҥүрүүр Бөҕө», «Күн Эрили», «Айыы Дьураҕастай», «Үөлэн Хардааччы» олоҥхолорунан дьүһүйүүлэри көрүү түһүлгэҕэ мустубут дьон биһирэбилин ылыан ылла. Сахалыы таҥастаах кыттааччылар хас биирдии толоруллар олоҥхо ис хоһоонун арыйан, ситэрэн-хоторон, төбүрүөннээн олорон олус көхтөөхтүк кытыннылар. Манна даҕатан эттэххэ, бу тэрээһиҥҥэ үүнэр күлүөнэ ыччат, оскуола үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кыттыбыттыра олус суолталаах уонна кэрэхсэбиллээх. Бары кыттааччыларга тэрийэр бөлөх аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.






