Сэтинньи 20 күнүгэр Хоноҕор сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэригэр Тымныы оҕонньор төрөөбүт күнүгэр аналлаах (сылын ахсын дойду үрдүнэн сэтинньи 18 күнүгэр бэлиэтэнэр) иһитиннэрэр-сырдатар уруок ыытылынна. Үөрэнээччилэргэ анаан бэлиэ күн историятын, суолтатын, үтүө үгэстэрин тула бэсиэдэ, тэттик викторина, өй оонньуута ыытылынна. Оҕолор Тымныы оҕонньор, Чысхаан туһунан хоһооннору аахтылар, тиэмэнэн кинигэ, сурунаал арааһын көрдүлэр, билистилэр. Маны тэҥэ кумааҕыттан хаар кыырпахтарын кырыйдылар, аккырыыкка оҥордулар.
