Ийэ күнүгэр аналлаах тэрээһин

Бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» СК улуустааҕы Ийэ уонна Аҕа күннэригэр аналлаах декада чэрчитинэн «Сүрэххэ сырдыгы саҕан» истиҥ тэрээһин ыытылынна. Манна «Ийэ баар буолан» Суотту нэһилиэгин Герой Ийэлэрин сырдатар быыстапка, «Мин аҕабынаан» нэһилиэк элбэх оҕолоох аҕаларын көрдөрөр хаартыска быыстапката, Ийэ, Аҕа күннэрин, Ийэҕэ аналлаах өйдөбүнньүктэр, ийэ аатын үйэтитэр улуус кэрэ-бэлиэ сирдэрин, Герой ийэлэр туһунан иһитиннэрии-бэсиэдэ ыытылынна, истиҥ эҕэрдэлэр этилиннилэр, Виталий Андросов 75 үбүлүөйдээх сылынан кини ырыаларынан музыкальнай оонньуу буолла.Сынньалаҥ бэлиэ киэһэҕэ сахалыы сандалы тула олорон сэһэргэһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ылбыт күн күбэй ийэлэргэ, эйэҕэс эбээлэргэ барҕа махтал буолуохтун🙌

Info Box

Click here to change this text. Lorem ipsum dolor sit amet, consectetur adipiscing elit. Ut elit tellus, luctus nec ullamcorper mattis, pulvinar dapibus leo.

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Хоногорская сельская библиотека- филиал входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»