Муус устар 3 күнүгэр Суоттубут нэһилиэгэр 1967 сыллаахха Суотту, Бороҕон, Өлтөх, Бэрт Ууһа уонна Курбуһах – барыта биэс нэһилиэги хабан, оройуоҥҥа бастакынан тэриллибит “Лена” совхоз үбүлүөйдээх 55 сылын көрсө «Үлэ, дьол биһигэ – “Ленабыт”, совхозпут» диэн дириҥ ис хоһоонноох дьоһун тэрээһин Суотту орто оскуолатыгар уонна Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр анал программанан ыытылынна. Бу сааскы ылааҥы күн тохсунньу ыйга аанын арыйбыт саҥа оскуола тупсаҕай көстүүлээх дьиэтигэр директор СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ Ирина Михайловна Петухова салалталаах коллектив ыалдьыттары истиҥник көрүстэ. Ол кэннэ кулууп дьиэтигэр ыҥырыылаах ыалдьыттар - совхоз биэс отделениетын араас кэмҥэ үлэлээбит ветераннара, “Оскуола – производство - үрдүк үөрэх” девиһинэн тахсыбыт выпускниктар, агитбригада бары сыллаах кыттааччылара түмсэн, үлэлээн ааспыт кэмнэрин, эдэр саастарын умнуллубат сылларын ис сүрэхтэн истиҥник ахтан-санаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, олус истиҥ көрсүһүү киэһэтэ буолла. Тэрээһин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна Афанасьевна Гоголева, нэһилиэк үбүлүөйдээх сылы тэрийэн ыытар анал хамыһыйата көҕүлээһиннэринэн, тэрийиилэринэн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Дьоро киэһэ совхозка кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбит Федор Петров тылыгар уонна мелодиятыгар «Лена» совхоз туһунан ырыанан өрө күүрүүлээхтик саҕаланна. Өр сылларга “Лена” совхозка үлэлээбит, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, талааннаах салайааччы Степан Гаврильевич Охлопков дьиэ кэргэнэ аҕалара суруйан хаалларбыт «Төлкө түстэниитэ» диэн саҥардыллан бэчээттэнэн тахсыбыт үйэлээх дьоһун кинигэтин ветераннарга өйдөбүнньүк бэлэх ууннулар.
Истиҥ киэһэни нэһилиэкпит талааннаах дьоно-сэргэтэ, кэрэ куоластаах ырыаһыттара киэргэттилэр. Аан дойдутааҕы ырыа күрэҕин 2 төгүллээх лаурета «Иэйии» вокальнай ансаамбыл олохтоох ааптардар Екатерина Местникова, Виктор Портнягин суруйан хаалларбыт «Суотту дьоллоох да дойду» ырыанан эҕэрдэлээтэ. «Илгэ» фольклорнай ансаамбыл солистката, хоһоонньут, мелодист, элбэх ырыа күрэҕин лауреата Анастасия Степанова бэйэтин тылыгар уонна мелодиятыгар «Истиий дуу, алааһым» ырыатын анаата. "Иэйии" вокальнай ансаамбыл солиската, кэрэ куоластаах ырыаһыт Зоя Заровняева, араас ырыа күрэҕин лауреата, дипломана Лена Заровняева, "Браво, выпуск" республикатааҕы ырыа күрэҕин 1 истиэпэннээх лауреата Петр Бубякин толорууларыгар ылбаҕай ырыалары ыалдьыттар дуоһуйа иһиттилэр. Үлэ уонна сцена ветерана, олохтоох автор, мелодист, элбэх ырыа күрэҕин лауреата, «Илгэ» фольклорнай ансаамбыл тутаах ырыаһыта күн бүгүнүгэр диэри ыллыы-туойа сылдьар ытык-мааны киһибит Мария Федорова кэрэ куолаһа биэчэри киэргэттэ. Аан дойдутааҕы, республикатааҕы ырыа күрэхтэрин уонна фестивалларын лауреата эдэр кэскиллээх ырыаһыт Наина Алексеева бэйэтин суруйуутугар «Сэһэн сиэннэрэ» ырыаны бэлэхтээтэ.
Суотту нэһилиэгин аҕа баһылыга, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Иннокентьевич Иванов истиҥ эҕэрдэ тылын эттэ. Уус Алдан улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениятын салайааччыта Степан Николаевич Бочкарев СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр Раиса Петровна Гоголеваҕа, «Лена» совхозка кылаабынай экономиһынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит Мария Сергеевна Васильеваҕа 80 үбүлүөйдээх саастарынан эҕэрдэлээн туран, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министерствотын Бочуоттаах грамоталарын туттарда. СӨ тыа хаһаайыстыбатын Министерствотын ветераннар Сэбиэттэрин аатыттан Анна Дмитриевна Никонова эҕэрдэлээтэ, совхоз ветераннарыгар махтал суруктары туттартаата. СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Степанович Афанасьев, «Лена» совхоз ветерана Арианда Никитична Свинобоева видеонан эҕэрдэлэрин иһиттибит. «Лена» совхоз отделенияларын бэрэстэбиитэллэрэ, ыҥырыылаах ыалдьыттар эҕэрдэ тылларын эттилэр, ахтыы оҥордулар.
Бу үөрүүлээх күн Светлана Петровна, Иван Афанасьевич Портнягиннарга ыал буолан 50 сыл бииргэ олорбуттарын кэрэһэлээн “Кыһыл көмүс сыбаайба” анал бэлиэни нэһилиэк баһылыга туттарда. Кинилэр эдэр саастарыгар "Оскуола - производство - үрдүк үөрэх" оччотооҕу кэм ыҥырыытынан Суотту отделениетын Саһылыкаан биригээдэтигэр үлэлиир кэмнэригэр көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан, 10 оҕону төрөтөн, билигин элбэх сиэн, хос сиэн эбээлээх эһээтэ буолаллар.
“Түһүлгэ” СК фойетыгар киэҥ ис хоһоонноох «Лена» совхоз историятын арыйар, сырдатар анал быыстапка турда. Манна ааспыт кэми кэрэһэлиир сэдэх хаартыскалар, араас сылларга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэр, альбомнар, улуус хаһыатыгар тахсыбыт ыстатыйалар дьон болҕомтотун тартылар. Москвитиннар дьиэ-кэргэн «Айылҕа бэлэҕэ – дьөһөгөй оҕото» диэн саха сылгытыгар анаммыт тус быыстапкалара кэрэхсэниэн кэрэхсэннэ.
Ити курдук олус истиҥ көрсүһүү, ахтыы киэһэтэ буолан ааста. «Лена” совхозка таһаарыылаахтык үлэлээбит ветераннар эҕэрдэ тыл эгэлгэтин истэн, махтал тыл бастыҥын этэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Күргүөмнээх үлэни өрө тутан тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит аҕа көлүөнэ дьоммут үтүө холобурдара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн истин, ситим салҕанан, тыа сирин сайыннарар суолунан сылтан сыл хардыылаан иһиэххэ.