
Олоҥхо – үйэлэри уҥуордаан кэлбит модун тыыннаах саха тылын төрдө-төрүтэ. Олоҥхоһут этэн-тыынан туойан бардаҕына, биһиги тылбыт ойуулуур-дьүһүннүүр күүһэ-күдэҕэ, эриэккэс эйгэтэ, туойуллар толбоно араас өҥүнэн арылыйа оонньообутунан барар.
Олоҥхо декадатын иһинэн ыытыллар "Олоҥхо - норуоппут баайа" тэттик викторинаҕа көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Бу сигэнэн киир: https://onlinetestpad.com/x63ggnh6ba3ca


